туохтуур
хойуоллаҥнаа
- дьүһ. туохт. Иҥнэл-таҥнал түһэн сыҕарый, хаамп, хамсаа (хол. , уһун уҥуохтаах киһини этэргэ)
Нууччалыы
- Идти, ходить вразвалочку, вперевалку, покачиваясь (будучи долговязым)
- Саадьаҕай оҕус муоһун тоһуйбутунан утары хойуоллаҥнаабыта. Болот Боотур. Киһи ат үрдүттэн соҕотохто тиэрэ быраҕыллан сиргэ чип-чиҥник "тис" гына түһэн, хойуоллаҥнаан иһэн соҕотохто "түрдэс" гынан кэбистэ. Эрилик Эристиин. Бичик кэннин хайыһан мичээрдээтэ уонна оҕолуу хойуоллаҥнаан хаама турда. "ХС". Суолу кытыытынан ньиэмэс чособуойа туруйа курдук хааман хойуоллаҥныыр. Эдэр г