ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

холоонноох

1 · даҕааһын

  • Кимиэхэ, туохха эмэ тэҥнээх, сөптөөх

Нууччалыы

  • Равный кому-чему-л. , достойный кого-чего-л
  • Кинилэр диэтэх дьон [Кулун Кулустуур уонна удаҕан] тэҥнээх дьон буолан, дьэ тирэстилэр, холоонноох дьон буолан, дьэ холбостулар [охсуһаары]. ПЭК ОНЛЯ VI. Бу үрүҥ күн анныгар оҕоҕо холоонноох күндү дьол диэн суоҕа. Софр. Данилов. Холоонноох доҕорум Холку киһи, Кыыһырары, кыҥкыйдыыры сатаабатВ. Гольдеров

2 · аат тыл

  • суолт. Ким эмэ кимиэхэ эмэ тэҥэ, тэҥнээҕэ

Нууччалыы

  • Тот, кто равен кому-л. , достоин кого-л
  • Тэгил дойдуга тэҥнээҕин, хол дойдуга холооннооҕун булбатах (өс xoh. ). Кырдьык хоһуун киһи эбиккин. Онон эн биһиги хол дойдуттан холоонноохтор холбоһон олоруохСаха фольк

3 · этии

  • Холооно суох – кимиэхэ, туохха эмэ тэҥэ суох, тэҥнэбилэ суох (ордук, элбэх, үчүгэй уо. д. а. ) Намсыров сааһыгар холооно суох хапсаҕай баҕайытык ойон туран Тулааһынабы кытта дорооболоспута. Далан. Ефрем Егорович бибилэтиэкэтэ кулууп бибилэтиэкэтинээҕэр быдан баай, холооно суох ордук. Н. Габышев

Нууччалыы

  • Не имеет себе равных в чём-л. , несравненно, гораздо (лучше, богаче)

«Х» буукуба