чабыгырас
I · 1
- чабыгыраа диэнтэн холб. туһ. Эрдэһит чыычаахтар кэпсэтэн чабыгыраһар саҥаларыттан уһуктарбыт. ЕМП БС. [Иван Никифорович:] Чабыгырастахтарын көр, чаччыгыныардар. Пьесалар-1955
II · 2 · даҕааһын
- Түргэн уонна тохтоло суох (саҥаны этэргэ)
Нууччалыы
- Быстрый и непрерывный (о речи человека или голосе птиц)
- Эбэм чабыгырас саҥата иһилиннэ. Чабыгырас үчүгэй саҥалаах Татыйыктыыр чыычаах -- Тырыбынаан көтөн Талах төбөтүгэр олордо. Саха нар. ыр. I. Кустар аһаан айахтарын тыаһа чабыгырас. ИН КК. [Чооруос чыычаахтар] саҥалара чуп-чубугурас, чабыгырас"ХС"