чаллырҕас
I · 1
- чаллырҕаа диэнтэн холб. туһ. Эрэһэ долгуннар оҥочобутугар охсуллан чаллырҕаһаллара. П. Степанов. Үөр ыһылынна, Фёдор тула кустар сууллан чаллырҕастылар. СЮ ЫБ
II · 2 · даҕааһын
- даҕ
- Сайынын чаллырҕас уунан туолар ииннэргэ холоотоххо, бу омуһах букатын кураанаҕын кэриэтэ этэ. Софр. Данилов. Төһө да ууну тумуннар, дыгдаҥнас муохха түөһэ, тоҕоноҕо, тобуктара чаллырҕас уу буолла. Д. Апросимов. Муус устар ый дьиэлэр кырыыһаларыттан чаллырҕас таммаҕынан доҕуһуолланан кэллэМ. Доҕордуурап
II · 3 · даҕааһын
- Чаллыргыыр тыастаах
Нууччалыы
- Чвакающий, хлюпающий, со всплеском
- Сайынын чаллырҕас уунан туолар ииннэргэ холоотоххо, бу омуһах букатын кураанаҕын кэриэтэ этэ. Софр. Данилов. Төһө да ууну тумуннар, дыгдаҥнас муохха түөһэ, тоҕоноҕо, тобуктара чаллырҕас уу буолла. Д. Апросимов. Муус устар ый дьиэлэр кырыыһаларыттан чаллырҕас таммаҕынан доҕуһуолланан кэллэМ. Доҕордуурап
II · 4 · даҕааһын
- Хатан, чуор (хол. , туох эмэ хаптаҕай ылтаһын бэйэ-бэйэтигэр охсуллар тыаһын этэргэ)
Нууччалыы
- Резкий, свистящий (напр. , о звуке трущихся друг о друга металлических лезвий)
- Быт ыһыа диэн эмээхсин күтүр улахан чаллырҕас тыастаах кыптыыйынан күн аҥаара кырыйбыта. П. Тобуруокап. Сорох ардыгар төбөҕө түбэһиннэрэн кэбиһэн, чаллырҕас тыас [иһиллэр]Эрилик Эристиин