чохчоҥноо
- чохчой диэнтэн б. тэҥ. көстүү. Хаһан да сэрээккэлээбэтэх бэйэм, бэл гимнастары үтүктэн чохчоҥноон, тэбиэлэнэн ыллым. Е. Неймохов. Чөрөҥөлүү сүүрэ сылдьан, Чөкчөҥө чохчоҥноото, Төрүкү аччык буолан, Төбөтө чороҥноото. В. Чиряев. Сүүрэн-көтөн, эттэрин-сииннэрин ититэн, хамаанданан уҥа-хаҥас мускуллан, чохчоҥноон сэрээккэ оҥордулар. "ХС"