ыанньый
1 · туохтуур
- туохт
- Ыанньыйбыт сириннэрин сиргэ тиийэ намылыппытынан улахан ынахтар хотун дьахталлардыы аа-дьуо хааман хотолдьуһаллар. Далан. Кудуххай эмиийдээх ыанньыйбыт ынаҕын ыан курулатан киирэн барда. В. Яковлев. [Ынах] олус ыанньыйдаҕына, синньэ ыарыйдаҕына, син кэлиэҕэ, ханна барар үһүө диэн буолтаКүрүлгэн
2 · туохтуур
- Үчүгэйдик мэччийэн, үүтүҥ синньигэр толору киир, ыга мунньулун (хол. , ынаҕы этэргэ)
Нууччалыы
- Нагуливать молоко, переполняться молоком, набухать от молока (о вымени коровы)
- Ыанньыйбыт сириннэрин сиргэ тиийэ намылыппытынан улахан ынахтар хотун дьахталлардыы аа-дьуо хааман хотолдьуһаллар. Далан. Кудуххай эмиийдээх ыанньыйбыт ынаҕын ыан курулатан киирэн барда. В. Яковлев. [Ынах] олус ыанньыйдаҕына, синньэ ыарыйдаҕына, син кэлиэҕэ, ханна барар үһүө диэн буолтаКүрүлгэн
3 · туохтуур
- Мунньуллан хойуннар хойдон ис, элбэх ууланан ыаһыра дьиппиний (былыты этэргэ)
Нууччалыы
- Постепенно сгущаться, наливаться, набухать от воды (о дождевых тучах)
- Ардах уурайыахча уурайбата. Тохтуохча буола-буола, эбии ыанньыйан, тоҕута түһэн кэлэр. Софр. Данилов. Түүн үөһэ. Арааһа, ардаары, Халлааммыт хараара ыанньыйар. Р. Баҕатаайыскай. Ыанньыйбыт хара былыттар сабардаан, дохсун ардаҕы тоҕо куппутунан барбыттара"Чолбон"
4 · туохтуур
- Таскар таһаарбакка эрэ, искэр өр иитиэхтээн илдьэ сырыт (хол. , санааны)
Нууччалыы
- Долго обдумывать, размышлять, вынашивать (напр. , мысль)
- Саҥа үөскүүр хоһоонноруҥ дьүһүнэ күлүмнээн көстө-көстө сүтэр, илбистээх дьүөрэ тылларыҥ төлөнө умулла-умулла күөдьүйэр, ыанньыйыаххар диэри... Суорун Омоллоон. Түбэһиэх көрсө түспүт -- дьонугар Ыанньыйбыт санаатын ыатаҕына, Ытаатаҕына-соҥоотоҕуна да, Кинини аһынааччы суоҕа. "ХС". Бу ыанньыйбыппын таһаардым"ХС"