ыаһыр
1 · туохтуур
- туохт
- Эбэм хамсата ыаһырбыт. Аны хамсата ыаһыран сообурҕаабыт – ити барыта ардах-хаар битэБолот Боотур
2 · туохтуур
- Чоҕойдонон кэһиэҕир, чоҕойго бүөлэт (хамсаны этэргэ)
Нууччалыы
- Забиваться, наполняться табачной копотью (о курительной трубке)
- Эбэм хамсата ыаһырбыт. Аны хамсата ыаһыран сообурҕаабыт – ити барыта ардах-хаар битэБолот Боотур
3 · туохтуур
- Дьиппинийэ хараҥар, харааран көһүн, саппаҕыр (хол. , этиҥ былытын этэргэ)
Нууччалыы
- Становиться тёмным, отяжелевшим, непроницаемым, темнеть (напр. , о грозовых тучах)
- Үөһэ ыаһырбыт былыттар өрө-таҥнары үөмэхтэһэллэрэ. Софр. Данилов. Муора үрдүк былыттара Ордук ыараан, ыаһыран, Намырыһан бардылар. И. Чаҕылҕан. Ол күн сир-дойду бүтүннүү лүҥкүрэн, ыаһыран, аан дойду барыта хобдох-курус көрүҥнэммит этэ. НЕТАО
4 · туохтуур
- Дьиппиэн, тыйыс көрүҥнэн, дьиппиэр, тыйыһыр
Нууччалыы
- Быть, становиться угрюмым, иметь мрачный вид, мрачнеть, насупливаться
- "Ыык, доҕор!" – аныаха диэри саҥата суох ыаһыран, истэн олорбут Киил оҕонньор, дьиксиммит санааҕа, олус улаханнык көхсүн тыаһатан кэбистэ. Н. Лугинов. [Сүөдэр] Кылаана тостубут Кыһыытын кыатанан, Кытарда, ыаһырда. С. Васильев. "Эн харчыҥ наадата суох", – оҕонньор ыаһыран туран кэллэ. В. Бианки (тылб. )