ыбыгырас
- ыбыгыраа диэнтэн холб. туһ. Кыргыттар тоҥон ыбыгыраһаллар, чуо кэлээт, аҕаларын суорҕанын арыйа тардаат, сонно иһигэр мэлис гынан хааллылар. А. Сыромятникова. Өссө балтараа чаас тоҥмуттарын кэннэ Арай уоллаах кыыстара бу үөрэн-көтөн тиийэн кэллилэр. Бөҕүөрэ тоҥон, нэһиилэ ыбыгыраһаллар. "ХС". Кыргыттар сэниэлэрэ эстэн, тоҥон тиистэрэ-уостара ыбыгыраһаллар. Я. Козак (тылб. )