ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

ыйаахтаах

I · 1 · даҕааһын

  • , итэҕ. , эргэр. Үөһээттэн айдарыылаах, Дьылҕа Тойон Хаантан оҥоһуулаах, аналлаах

Нууччалыы

  • С предназначением, предопределением, имеющий предписание (свыше)
  • Дьылҕаттан ыйаахтаах этим. ПЭК СЯЯ. Мин даҕаны Одун биистэн оҥоруулаах, Чыҥыс Хаантан ыйаахтаах киһибин. Ньургун Боотур. Дьылҕа Хаантан ыйаахтаах булчут үһү. Амма Аччыгыйа. Иччилээх түүллээх дьон айылҕаттан айдарыылаах, үөһээттэн ыйаахтаах буолаллар эбит. БРИ ТТ

II · 2 · даҕааһын

  • Атын буолбатах, дьиҥнээх

Нууччалыы

  • Подлинный, настоящий, законный
  • Миигин оҕо эрдэхпиттэн Кулай диэн ыҥыраллар да, ыйаахтаах аатым Ньукулай диэн ээ.  Ыйаахтаах оскуолаттан тэйиччи быыкаайык эргэ дьиэни биэрдилэр, иккис кылааһы анаатылар. Туспа буруо таһааран, ыал буоллум. Амма Аччыгыйа. [Быыбарынай:] Бүөлэн, үөдэн уола. Киэбириэм эһигинньиктэргэ. Миигин ыйаахтаах ыстаарыста гыныахтара, оччоҕо өссө көрөн-билэн иһиллиэ, билигин барбах уһуга эрэН. Түгүнүүрэп

«Ы» буукуба