аат
ыйыы-кэрдии
- ый-кэрт диэнтэн хай. аата. Мин бэрт элбэх эдэр суруйааччылар суруйбут үлэлэрин көрөн кыра да буоллар ыйыы-кэрдии бэртэлээтим. П. Ойуунускай. Саас оройуон ситэриилээх кэмитиэтигэр тахсан, Космарчик диэн аҥаар илиитэ суох зоотехниктан ыйыы-кэрдии ылан киирэн баран, биэлэри саптарбытым. Эрилик Эристиин. Мин эмиэ урукку систиэмэҕэ иитиллибит киһи буоларбынан буолуо, -- уруккулуу үөһэттэн ыйыыны-кэрдиини кэтэһэбин, ону-маны сыыһа-халты чобуорхайдахпына, баҕар, дьүүллэнэ-сэмэлэнэ сылдьыам диэн дьулайабын. "Кыым"