ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

ыллыктаах

1 · даҕааһын

  • Сөптөөх, сиэрдээх; сиэри-майгыны тутуһар, уһун-киэҥ санаалаах

Нууччалыы

  • Правомерный, закономерный; приемлемый, разумный
  • Ыллыктаах ыйытыы.  Биир эмэ ыллыктаах киһи баар дуо? Суох! Амма Аччыгыйа. [Уулаах] урут бандьыыттары син ыллыктаах дьон буолуохтара дии санаабыт итэҕэлин сүтэрдэ. Эрилик Эристиин. Дайыыл Дьөгүөрэбис киҥнээх-киҥнээх дииллэр да, ыллыктаах санаалаах үтүө киһи. Н. Босиков. Дүлүҥү туруору аспыт курдук буола сытыйаҥҥын, эйиэхэ итинтэн ордук киэҥ-куоҥ, ыллыктаах санаа кэлииһи дуо?!"ХС"

2 · этии

  • Ыллыктаах тыл – дьоҥҥо-сэргэҕэ ылыннарыылаах, сөптөөх, сиэрдээх, үтүө тыл Биир эмэ ыллыктаах тылы тылласта дуо? Амма Аччыгыйа. Сатаатар ыллыктаах тылы эппит киһи бэрт да буолуо этэ. А. Бэрияк. Тэрэнтэй сымнаҕас, ыллыктаах тылынан кэпсэппититтэн кини үөрдэ, санаата көтөҕүлүннэ. Д. Таас

Нууччалыы

  • Убедительное, разумное, умное слово

«Ы» буукуба