эбиэттэс
- эбиэттээ диэнтэн холб. туһ. Миша аҕатын кытта холкуос остолобуойугар эбиэттэһэ киирдэ. Суорун Омоллоон. Миитэрээй, ыраахтааҕыбытын кытта эбиэттэһэр дьон буоллубут дуу? Н. Якутскай. Настя ол күн дьиэтигэр кэлэн дьонун кытта эбиэттэһэн баран, үлэтигэр тиийбитэ. "Сэмсэ"