ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

эгдэҥнэс

I · 1

  • эгдэҥнээ диэнтэн холб. туһ. Хаста да атын "таҥастаахтар" Дьэргэ сүрэҕин уотунан хаарыйталаан куотуһан таҕыстылар, ол ахсын көрөөччүлэр дьигиҥнэһэ, эгдэҥнэһэ турдулар. Болот Боотур. [Туруйалар] дьоролдьуйбут синньигэс атахтарынан чэпчэкитик дугуммахтаан эгдэҥнэһэллэр. П. Аввакумов. Мусукааннар бары даҕаны туттан-хаптан эгдэҥнэһэн, киһи эрэ көҕүйэн үҥкүүлээн барыах курдук оонньууллара. Г. Колесов

II · 2 · даҕааһын

  • Өрүтэ көтүөккэлиир, эһиэлэнэр курдук (хол. , хамсаныы)

Нууччалыы

  • Неровный, тряский, подпрыгивающий, пляшущий (напр. , о походке человека или движении лошади)
  • Эгдэҥнэс сэлиилээх табалар Элбэх да көлөттөн ордуктар. Р. Баҕатаайыскай. Кини эмиэ бэйэтин эгдэҥнэс, тиэтэйбит хаамыытынан хаамара. Т. Николаева (тылб. )

«Э» буукуба