ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

эгдэҥнээ

1 · туохтуур

  • дьүһ. туохт
  • Эрдиитэ уҥуор кута саҕатыгар долгуҥҥа бигэттэрэн эгдэҥнии сытар. И. Гоголев. Көлүөһэ эгдэҥниир таастан иҥнэн. К. Турсункулов (тылб. )

2 · туохтуур

  • Өрүтэ үллэҥниир, түллэҥниир курдук хамсаа

Нууччалыы

  • Слегка вздыматься, приподниматься
  • Эрдиитэ уҥуор кута саҕатыгар долгуҥҥа бигэттэрэн эгдэҥнии сытар. И. Гоголев. Көлүөһэ эгдэҥниир таастан иҥнэн. К. Турсункулов (тылб. )

3 · туохтуур

  • Өрүтэ көтүөккэлээн эрэр курдук тутун эбэтэр санныларгынан эһиэлэнэ хамсан

Нууччалыы

  • Приподниматься на цыпочках, или привстать сидя на месте, или непроизвольно дёргать плечами вверх-вниз
  • Икки илиитин такыччы туттан, бүтүннүү бэйэтэ эгдэҥнии-эгдэҥнии, икки өттүнэн хайыспахтаан көрө-көрө, тэбэнэттээхтик ыллаан барар. Амма Аччыгыйа. Истэн олорор киһи эгдэҥнээн ылар күүстээх олоҥхото буолан биэрдэ. А. Сыромятникова. Гитаратын уйан тыаһыгар бигэнэн аргыый эгдэҥнээн ыла-ыла, ким айбыта биллибэт саҥа ырыатын эдэр киһи ыллыыраСҮК

«Э» буукуба