ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

эгэлгэлээх

1 · даҕааһын

  • даҕ
  • Эдэр ыччат эриэккэстээх билиилээҕин, Эгэлгэлээх талааннааҕын, Эйэ дэмнээҕин, Уус-уран тарбахтааҕын Саманна көрөн биллим. С. Зверев. Эгэлгэлээх хоһооммун Истэ сэҥээриҥ эрэ. Нор. ырыаһ. Эдэр ыччат күлсүүтэ, Эгэлгэлээх кэпсээнэ, Ырыа-тойук, үҥкүү-битии, Чуумпу кумах уһуктарА. Бэрияк

2 · даҕааһын

  • Эҥин араас, арааһынай, эҥин-эҥин

Нууччалыы

  • Разный, разнообразный, различный
  • Эдэр ыччат эриэккэстээх билиилээҕин, Эгэлгэлээх талааннааҕын, Эйэ дэмнээҕин, Уус-уран тарбахтааҕын Саманна көрөн биллим. С. Зверев. Эгэлгэлээх хоһооммун Истэ сэҥээриҥ эрэ. Нор. ырыаһ. Эдэр ыччат күлсүүтэ, Эгэлгэлээх кэпсээнэ, Ырыа-тойук, үҥкүү-битии, Чуумпу кумах уһуктарА. Бэрияк

3 · даҕааһын

  • Олус уустук, бириинчик, ииспэрэй

Нууччалыы

  • Сложный, осложнённый, многосложный
  • Мин этэбин: "Хоһоону да Айар син эгэлгэлээхһ. И. Гоголев. Хас сырыы аайы ол айан ахса суох элбэх эҥин эгэлгэлээх. Н. Заболоцкай. Табаарыс Сибиряков көтөҕөр боппуруоһа мин эргитэ санаан көрдөхпүнэ, ити курдук бэрт үгүс эгэлгэлээх"Кыым"

4 · даҕааһын

  • Хаппырыыс, талымас, бириинчик (үксүгэр буолб. ф-ҕа тут-лар)

Нууччалыы

  • Капризный, прихотливый; с причудами
  • Дьэ, бэйэлэрэ эмиэ эгэлгэлээх ыччаттар. Кыыс да кыыс, күтүөт да күтүөт. Үлэспиккэ дылы, нөҥүө-маҥаа дьон түбэсиһэн, бурайсан эрдэхтэрэ. Н. Лугинов. Онно арыт мөҕүллэрим. Уонна эмиэ сээн дэтэрим: Эгэлгэтэ суох мичээргиттэн Иккистээн тиллэн кэлэрим. М. Тимофеев. Таба • эгэлгэтэ суох кыыл, төгүрүк сылы быһа туундараҕа мэччийэн аһыыр. МЛФ АҮө. Король утуйара эмиэ оннук эгэлгэлээх буолараАЕВ ОҮИ

«Э» буукуба