эмсэҕэлэт
- эмсэҕэлээ диэнтэн дьаһ. туһ. Мас охсууну уйбакка төһө да тосту барбытын иһин, уолу улаханнык эмсэҕэлэппит, төрөппүттэрэ оҕустаах сыарҕанан кэлэн тиэйэн барбыттар. Н. Заболоцкай. Ити күн өстөөх өссө иккитэ киирбитэ да, биһиги аһарбатахпыт. Бүтэһик киириибитигэр буускабытын эмсэҕэлэппитэ. Н. Кондаков. Оттон бэрт элбэҕи оҥоруохха наада – бириэмэ бэтэрээни улаханнык эмсэҕэлэппитэ. “Кыым”