эмтээччи
- эмтээ диэнтэн х-ччы аата. [Уолака:] Бар, били харах эмтээччи Мөкүөйэ эмээхсини ойутан аҕал эрэ. Суорун Омолоон. [Светлана:] Ол эрээри дьону өлүүттэн өрүһүйэр, ыарыһахтары үтүөрдэр эмтээччигэ да, эмтэтээччигэ да төһө үөрүүлээх буолуой?! И. Находкин. Онтон эмтэнэр хоско эбиэккэ диэри тиис эмтээччилэр, эбиэттэн киэһэ уопсай доруобуйаны көрөөччүлэр, эмтээччилэр үлэлииллэр. "Кыым"