эргиннээҕи
1 · даҕааһын
- Чугас сытар, чугастааєы, ырааєа суох
Нууччалыы
- Близкий, недалекий от чего-л. , имеющийся в околотке, окрестный
- Бу эргиннээҕи дэриэбинэлэргэ, сэлиэнньэлэргэ сылдьардаахпын. Н. Якутскай. Тумуулаах [киһи аата] өлбүтүн кэннэ, эмиэ ити эргиннээҕи Тэппэ Боспоҥнуур диэн дьадаҥы огдообоҕо кэргэн тахсар. ФГЕ ӨӨСҮҮ. Бу эргиннээҕи күөллэргэ көтөр аҕыйаабытЯРС
2 · этии
- Дьиэ эргин (эргиннээєи) көр дьиэ I. [Дьаакып:] Бу дьиэ эргиннээҕи киһи, аата Өлөксөй диэн. А. Софронов. Сайын чугас дьиэ эргиннээҕи мас сыыһын, амынньыары, ойуурга ыһыллыбыт лоһуруой мастары хомуйтаран оһох оттоллоро. У. Нуолур. Чугас эргин (эргиннээҕи) көр эргин II. Маҥнай утаа чугас эргиннээҕи улуустар баайдарын уолаттара -- Маайаны ыйыттарар үгэстэммиттэрэ. Н. Якутскай. Барыам биир хонук иннинэ чугас эргиннээҕи ходуһалары кэрийэн көрбүтүм. А. Бэрияк