эргичий-урбачый
- эргий-урбай диэнтэн субул. көстүү. Үүйэ илиитин даллаччы туттан-баран эргичийэр-урбачыйар. Л. Попов. Татыйык сиэркилэҕэ көрүнэн, араастаан эргичийэр-урбачыйар. И. Гоголев. Мария сарсыарда эрдэ уһуктан баран, салгыы утуйан биэрбэккэ, эргичийэн-урбачыйан хата эбии сэргэхсийдэ. ТТК