эрдэттэн
1 · сыһыат
- Туох эмэ иннинэ, олох эрдэтинэ
Нууччалыы
- Загодя, заранее. [Көстөкүүн:] Эрэнэр сатаммат, эрдэттэн бэлэм буолуохха биитэр тэскилиэххэ
- Күндэ. Түүлээх Уллуҥах, Чүөчээски тыаһын эрдэттэн истэн, саатын курааҕын туруорбута. Суорун Омоллоон. Саамай сөпкө этэҕин, эрдэттэн ити боппуруоһунан дьарыктаныах хааллаМ. Доҕордуурап
2 · сыһыат
- эрдэ 1 диэн курдук. Дьокуускайга холоотоххо, манна күнэ эрдэттэн ойор, киэһэ хойут киирэр. Н. Заболоцкай. Сарсыарда эрдэттэн кустук түстэҕинэ, сотору кэминэн ардах кэлэрин кэрэһэлиир. И. Сосин
3 · этии
- Эрдэттэн күөскүн өрүнүмэ – тугу эмэ урутаан быһаарыма, былааннаама (хайдах буолуо биллибэт) И. Гоголев. "Бэйэ, олус эрдэттэн күөскүтүн өрүнүмэҥ, тойоммут туох диирэ биллибэтһ, – Уйбаан дьиэ иһинээҕи сүбэни түмүктээтэ. Р. Кулаковскай. Кэлэр кэми эрэнэммин Эрдэттэн күөспүн өрүнэбин. ЛН ЭЭХХ
Нууччалыы
- Не забегай вперёд (букв. заранее не ставь горшок на огонь). [Баабыла:] Эрдэттэн күөскүн өрүнүмэ, кини да эдэр