эридьиэс
I · 1 · аат тыл
- , эргэр. Туох эмэ (хол. , үп-ас) кэлиитин-барыытын сурукка тиһэн, бэлиэтэнэн иһии
Нууччалыы
- Опись, письменный перечень чего-л. (напр. денежного потока), реестр
- "Манна араас дьыалатын, эридьиэһин барытын хаалаан сырыттаҕаһ, – дии санаата оҕонньор. Д. Таас. Нойоон, ыл, суоту уонна эридьиэс кинигэтин аҕал эрэ. Ойуку. Нооһой [киһи аата] Куоҕастаах биир кылаастаах оскуолатын бүтэрэн, атыы-тутуу суругун, эридьиэһин тулуппат буоларУлдьаа Харалы
II · 2 · аат тыл
- Туох эмэ ол-бу эгэлгэтэ, арааһа
Нууччалыы
- Разнообразие, разнородность чего-л
- Этэр тыл дэгэтэ, эридьиэһэ бэрт элбэх быһыылаах. П. Аввакумов. Мин баҕам туох да эридьиэһэ суох, ураҕас курдук көнө. П. Степанов. Олоҕу олоруу судургу, хонууну туорааһын буолбатах, эриэнэ, эридьиэһэ элбэх. Лоһуура. Дьахтар санаата уустугун, эргитэр эйгэтин эридьиэһин ким толору таайбыта баарай"Чолбон"