эриэхэбэй
1 · даҕааһын
- даҕ
- Эриэхэбэй мас
2 · даҕааһын
- Эриэхэ астаах, эриэхэлээх
Нууччалыы
- С орехами, ореховый
- Эриэхэбэй мас
3 · даҕааһын
- күл. -ооннь. Атыттартан туох эрэ уратылаах, дьиибэ (киһини этэргэ)
Нууччалыы
- Странный, диковинный, причудливый (о человеке)
- Дьэ, эмиэ да эриэхэбэй киһигин дииКүрүлгэн
- Атыттартан ураты, уустук. Θ Оригинальный, вычурный, своеобразный. Эриэхэбэй баҕайы оһуор
4 · даҕааһын
- Табыгаһа суох, моһуоктаах, уустуктардаах (туох эмэ)
Нууччалыы
- Заключающий в себе проблему, проблемный, сложный
- Эриэхэбэй дьыала. Эриэхэбэй боппуруос
5 · этии
- Эриэхэбэй хамса – эриэхэ маһыттан оҥоһуллубут хамса Кини эриэхэбэй хамсаны соппойон, күөх буруону үөһэ үрэн кэбиһэр. В. Протодьяконов. Хабырыыс сөп буола-буола эриэхэбэй хамсатыттан хойуу буруону оборон ыла-ыла, аргыый үөһэ үрэн унаарытар. С. Никифоров. Өтөөкү Өлөксөй эриэхэбэй хамсатыгар чаркааскай табаҕы толору уурунан баран тарда сытара. И. Бочкарёв
Нууччалыы
- Курительная трубка из орехового дерева