эрэдэһиннээх
1 · даҕааһын
- даҕ
- Үкчү хартыынаҕа ойууламмытын курдук турар: -- эрэдэһиннээх түөрт атахтаах, төгүрүк сирэйдээх суруксуттуур кыра остуол. С. Руфов. Хатыс быа – инчэҕэйдии тэлиллибит эрэдэһиннээх тирии быа. Хомус Уйбаан. Эрэдэһиннээх, баһыахтаах уһун тимиринэн уһаат түгэҕэр диэри анньан арыы хаачыстыбатын сыныйан көрөллөр"Чолбон"
2 · даҕааһын
- Эриллибит, хатыллыбыт (хол. , быа)
Нууччалыы
- Крученный, закрученный (напр. , бечевка, ремень)
- Үкчү хартыынаҕа ойууламмытын курдук турар: -- эрэдэһиннээх түөрт атахтаах, төгүрүк сирэйдээх суруксуттуур кыра остуол. С. Руфов. Хатыс быа – инчэҕэйдии тэлиллибит эрэдэһиннээх тирии быа. Хомус Уйбаан. Эрэдэһиннээх, баһыахтаах уһун тимиринэн уһаат түгэҕэр диэри анньан арыы хаачыстыбатын сыныйан көрөллөр"Чолбон"
3 · даҕааһын
- Олус уустук, эриирдээх (хол. , сорудах, боппуруос)
Нууччалыы
- Сложный, замысловатый
- Устуоруйа учуутала олус бириинчик этэ, онон билиэттэрин эрэдэһиннээх гына оҥорбута. "ХС". Богданенко оҥостон олорон, утуу-субуу хас даҕаны эрэдэһиннээх боппуруостары биэртэлээтэ. Тумарча. Элбэҕи билэн-көрөн, Эҥинник күлэн-салан, Эйэҕэстик кэпсээн-ипсээн Эрэдэһиннээх да киһи"ХС"
4 · этии
- Эрэдэһиннээх буулдьа – эргийэ-эргийэ барар саа буулдьата Эрэдэһиннээх буулдьа мэйиитин уҥуоҕун аҥаарын кэриэтэ ылан кэбиспит. "Чолбон". Эрэдэһиннээх үүн – эриллэн-хатыллан оҥоһуллубут былыргы бөҕө үүн. Θ Старинная узда, уздечка из крепкого закрученного ремня. Эрэдэһиннээх үүн, уруккулуу оҥоһуулаах көмүс сирэйдээх ыҥыыр хайаатар да баар буолуохтаахтар. "Кыым". Эрэдэһиннээх үүн тиэрбэһин курдук эрилкэй харах көр тиэрбэс. Кэбиниэт хаһаайына эрэдэһиннээх үүн тиэрбэһин курдук эрилкэй харахтаах, хойуу сабыстыгас хаастаах, -- интэлигиэн көрүҥнээх түс-бас киһи этэ. Далан
Нууччалыы
- Пуля нарезного ружья