эрэһэлэн
- эрэһэлээ диэнтэн бэй. туһ. Өрүстэр сүнньүлэрэ долгун курдук эрэһэлэнэн көстөр: Чычаас көлүкэ уута Сиккиэртэн дьирибинэйиэ, – уоскуйуо, онтон тута. Р. Баҕатаайыскай. Эйэҕэс мичээринэн дьэрэлийэҥҥин Эрэһэлэнэ оонньууруҥ ханнаный? И. Федосеев. Луҥха үрэх күөх мыраанын үрдүнэн үрүҥ көмүс кынаттара эрэһэлэнэ көтө турдулар. В. Иванов