эрэһэ
I · 1 · аат тыл
- аат
I · 2 · аат тыл
- Сиидэ, сүүр
Нууччалыы
- Решето. Биһиги ууну, баҕар, эрэһэнэн да баһыахпыт, эн онно аны кыһамматыҥ буоллар абырыаҥ этэ. Л. Габышев. Тиэстэни чараас гына хаптатыллар -- уһун синньигэс гына кырбаныллар, онтон куурда эрэһэҕэ тарҕата ууруллар. Дьиэ к. Тутан ылбыт тэллэйин толору симиммит эрэһэтин сүгэн баран, кугас бытыктаах хородобуой хаамар. А. Чехов (тылб. )
I · 3 · аат тыл
- Массыына ону-маны баһан таһаарар чааһа
Нууччалыы
- Устройство в машине, поднимающее сыпучие материалы, грохот
- Установка модун эрэһэтэ эргичийэр. Ол аайы кумах өрөһөлүү кутуллар"Кыым"
I · 4 · аат тыл
- Туох эмэ төгүрүгэ, төгүрүйэн көстөрө
Нууччалыы
- Что-л. круглое, виднеющееся округлым, круглым
- Тыраахтар куҥкунуур, Тыраахтар курулуур, Күөх дьэргэн көлүөһэ, Курулуу ытыллар, Эҥсиллэр эрэһэ Эргичийэн дьэргэйэр. П. Ойуунускай. Эрчимнээхтик битийбэхтии, Элгээн устун харбаатым, Эрэһэ тиэрбэс иилэри Эрилитэн дайбаатым. С. Тимофеев. Күнтэн көмүс эрэһэ Күүрэр долгун дьэргэйэр. Күннүк Уурастыырап. Уобуруччу эрэһэлэр төгүрүйтэлээтилэр уонна намырыы мэлийдилэр. Л. Попов. Борохуоппут эрэһэ эрдиилэринэн аргыый эрдинэн биэрэктэн тэйбитэ, өрүс үөһүгэр эргийэн киирэн иһэн үс төгүл төхтүрүйэн үллэ-үллэ үөгүлээбитэНСН БХО
I · 5 · этии
- Көтүллэр тииһим эрэһэтэ (холхото) – тыыннаах хаалбыт соҕотох оҕо туһунан Көтүрдэр тииһим эрэһэтэ (холхото) – бу! ПЭК СЯЯ. Хатан эрэһэ (эҕэһэ) көр хатан II
Нууччалыы
- Об единственном оставшемся в живых ребёнке
I · 6 · этии
- Көмүс эрэһэ – үрүҥ көмүс курдук чаҕылхай, сырдык Күнтэн – көмүс эрэһэ Күүрэр долгун дьэргэйэр. Күннүк Уурастыырап. Сулус эрэһэтэ – үөһээттэн, үрдүктэн (сулустартан) кэҥээн сырдыыр сырдык. Θ Свет, излучение из вышины (звезд). Хайалартан сырдыы кэҥиир Халлаан, сулус эрэһэтэ. Күннүк Уурастыырап. Тиис эрэһэтэ – тиис миилэтин лоппоҕордоро. Θ Твёрдый бугорок у дёсен. Хаһыы сылгытыгар үөһээ тиистэрин эрэһэтэ аллараа тиистэрин эрэһэтигэр сөп түбэһиэхтээх. Сылгыһыт с. Халлаан эрэһэтинэн – үөһэнэн (ньиргийэр тыас). Θ Раздающийся сверху (оглушительный шум). [Уот Уһутаакы] Иттэнэ дарас гына түстэ, Икки таныытын тыаһа киэҥ халлаан эҥсиллэр эрэһэтинэн Кимиэллээхтик киҥкинээбитинэн барда. П. Ойуунускай. Эрэһэ былыт – чараас, лоскуй былыт. Θ Лёгкие, почти прозрачные облака. Ый эрэһэ былыкка саһа-саһа көстөр, Тыа быыһыгар ыллыкка Бэрт да буолар көрсөр. Баал Хабырыыс. Эрэһэ долгун – кыракый дьиримнэс долгун. Θ Небольшая волна, рябь. "Кэлиҥ ыччаттарым, оонньооҥ, көрүлээҥ!" – диэххэ айылаах Өлүөнэ өрүс эрэһэ долгуннарынан күлэр-үөрэр. А. Сыромятникова. Эрэһэ дорҕоон – ырыа курдук дьырылас дорҕоон (хол. , хомус тыаһа). Θ Нежный певучий звук. Хомус эрэһэ дорҕоонунан туоллулар чагда, алыы сирдэр. Туһ. т. Эрэһэ киһи – хачаайы эрээри иҥиир күүстээх, хатан киһи. Θ Сухощавый, но жилистый сильный человек. Биһиги фронтовиктар, хатан – эрэһэ киһи буолуохтаах этибит. У. Нуолур. Биирэ бухатыырдыы моһуоннааҕа, атына хачаайы гынан баран хатан, эрэһэ дьүһүннээҕэ. И. Данилов. Эрэһэ моойдон – синньигэс дьүдьэх моойдоох буол. Θ Иметь худую тонкую шею (признак истощения). Убайын өҥөйөн өйдөөн-дьүүллээн көрбүтэ, Иннэ буолан ииммит, Сүүтүк буолан сүүдүйбүт, Этирик түөстэммит, Эрэһэ моойдоммут. П. Ядрихинскай. Эрэһэ ойбон – биир-икки сиринэн уутугар диэри кыараҕастык тэһиллэр сааскы ойбон. Θ Весенняя прорубь, где вода выступает в одном-двух узких местах (чтоб скот не проваливался). Эрэһэ тыас – олус улахан, сири титирэтэр, дөйүтэр тыас. Θ Оглушительный, потрясающий шум, гром. Ыраас халлаантан эмискэ этиҥ саалларынааҕар да ынырык, сири-дойдуну титирэстэтэр эрэһэ тыас ньиргийэ түстэ. Н. Борисов
Нууччалыы
- Светлый, сверкающий серебром
II · 7 · аат тыл
- Улахан сэбирилиэк
Нууччалыы
- Большое сверло
- Эрэһэнэн үүттээ. Саха уустара эрэһэнэн куруук тутталлара