ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

эт-хаан

1

  • эт-сиин диэн курдук. Эмиэ да этим-хааным утуйар эмкэ үөрэниэ, эмиэ да уум кэлбэтэҕинэ иэдээн диэн дьиксинэрэ. Сэмээр Баһылай. Куобах этэ уонна сыата хоту киһи этигэр-хааныгар олус туһалааҕын үөрэтэн, биир сүрүн аһылык оҥостуоҕуҥ. ЯВВ КЭКТ. Кыыл мэйиитин эдэр уонна доруобай дьон сиэтэхтэринэ, киһи этэ-хаана сөптөөхтүк үлэлиирэ кэһиллэр диэн буолара. Баай Б. Б

2 · этии

  • Дьилэй эттээх (куҥнаах, эттээх-сииннээх, эттээх-хааннаах) көр дьилэй. Лаҥкыыны "уҥа сыста" диигин дуу? Туох долгуттаҕай? Дьилэй эттээх-хааннаах буолуох тустааҕа дии?! А. Сыромятникова. Тириигин (эккин-хааҥҥын, эккин-сииҥҥин) тэнит көр тэнит. Кинилэр [ыттар] сүүрэн-көтөн, арыт оонньоон, арыт охсуһан ардырҕаһан көһүйбүт эттэрин-хааннарын тэнитэллэрэ. "Чолбон". Эти-хааны алдьат – кими эмэ кыыһырт, кыйахаа Барар сиргэр бар, киһи этин-хаанын алдьатыма! "ХС". Эттиин-хаанныын бэрин – кимиэхэ, туохха эмэ сүрэххин, дууһаҕын ууран туран, олус бэриниилээх буол. Θ Быть очень преданным кому-чему-л. (букв. вложив душу и сердце). Бу боппуруоска эттиин-хаанныын бэриммит ыанньыксыт Анна Васильевна Колодезникова олох сөбүн этэр. "Кыым". Эттээх-хааныттан иэстээ – кими эмэ буруйун иһин улаханнык кырбаан, хаанын таһааран ситис, боруостас. Θ Битьём заставлять кого-л. расплачиваться за содеянное. Эппит тылбын умуннаргын эрэ Эккиттэн-хааҥҥыттан иэстиэм буолуо, Үрүҥ үөнү Үрдүгэр үҥкүүлэтиэм! П. Ойуунускай. Үҥэр таҥараны умнубуккун эккиттэн-хааҥҥыттан иэстээн биллэриэхтэрэ! М. Доҕордуурап. Булбут сэлииҥ билигин ким эмэ булан сүтэн хааллаҕына, эйиэхэ ордук куһаҕан буолуоҕа: эккиттэн-хааҥҥыттан иэстэһиэхтэрэ. П. Ламутскай (тылб. ). Этэ (эт-этэ, этэ-хаана) илдьирийдэ (алдьанна, илбирийдэ) көр эт II. Эттэрэ-хааннара илдьирийэн эмсэҕэлээн бараннар, күн дьонун көмүскэлинэн босхоломмут тапталлаах уруу-хаан дьон курдуктар. Амма Аччыгыйа. Этэ-хаана алдьанан туран атаҕастаммытыттан хараастан кини [Маайа] бэйэтэ ханна да баарын билбэт гына уй-май барыталаата. Эрилик Эристиин. Этэ-хаана тэнийэр көр тэний. Эт-хаан тэнийэн, эр-биир дайбаан, Эрэттэр охсон истилэр. Дьуон Дьаҥылы

Нууччалыы

  • Рассердить, разозлить кого-л. [Иванов:] Көр эрэ, бу саҥара турдаҕын!

«Э» буукуба