үгээр
1
- көр угаар
2
- Киһи барыта ыалдьар сыстыганнаах ыарыыта, дьаҥ
Нууччалыы
- Эпидемия
- Көтөр буордаах саха балаҕана, Көмүлүөк куйаас сыралҕана, Бурдук тардар таас сыналҕана, Ыһыырынньык үгээрдээх чааһа. Эллэй. Бары билигин утуйарбыт ордук, үлэлииргэ үгээрэ бэрт. С. Сарыг-оол. Аҕата таастан сууллан өлбүтэ, ийэтэ туох эрэ дьон барыта ыалдьар үгээригэр охтон баран, өрүттүбэтэҕэ. Болот Боотур. - Ийээ, бөлүүн түһээн балык сиэтим, ол туох сүрэ буолуой? - Балык - тумуу-сөтөл сүрэ. Үгээр кэлээри гыннаҕа. Ичигэстик таҥна сырытТ. Угаров