үйэ-хайа
- үйэ-хайа аймах (уруу) — олус ыраах, ардыгар аймах ахсааныгар соччо киллэриллибэт уруу, аймах
Нууччалыы
- Дальний родственник, седьмая вода на киселе
- Кини кэргэнэ Лаглардыыр Аана Яков Гурьев үйэ-хайа аймаҕа. М. Доҕордуурап. Мин ийэбинэн дуу, аҕабынан дуу эмиэ ханнык эрэ үйэ-хайа уруулуу дьоммутугар тиийбитим. Г. Колесов. Чыаппараҕа Түмэппиэйэп Мэхээлэ диэн баар, ити Эмэлдьээттэр үйэ-хайа аймахтара буолуохтаах. «Сахаада»