үктэн
1 · туохтуур
- туохт
- Атах тыаһа ыараханнык үктэнэн, хостон таҕыста. Амма Аччыгыйа. Силиппиэн сөрүүн буор муостаҕа үктэннэ. Софр. Данилов. Оргууй аҕай, сэрэниин-сэрэнэн, үөм-чүөм үктэнэн, болкуон хоһу өҥөйөн көрдөН. Лугинов
2 · туохтуур
- Атахтаргын сиргэ ууран, тирэн, тирэнэн тур
Нууччалыы
- Наступать (ногой) землю
- Атах тыаһа ыараханнык үктэнэн, хостон таҕыста. Амма Аччыгыйа. Силиппиэн сөрүүн буор муостаҕа үктэннэ. Софр. Данилов. Оргууй аҕай, сэрэниин-сэрэнэн, үөм-чүөм үктэнэн, болкуон хоһу өҥөйөн көрдөН. Лугинов
3 · туохтуур
- Ханнык эмэ кэмҥэ тиий, тиийэ олор; хайа эрэ сааскын туолар кэмҥэр тиий, төһө эрэ саастаах буол
Нууччалыы
- Дожить, доходить до какого-л времени, до какой-л. поры; дожить до какого-л возраста
- Дьыл оройугар үктэниибит, аны кыһыммыт тобоҕун этэҥҥэ туоруур инибит. Ойуку. Дора Иннокентьевна икки тыһыынча биир сылга үктэнэн баран, олунньу ыйга Аляскаҕа баран кэллэ. ПНИ ЭД. Саамай оһоҕос түгэҕинээҕи Коля биэһигэр үктэннэ"ХС"
4 · туохтуур
- Үктээ диэн курдук. Бука, улахан булт - эһэ, тайах да баара буолуо, Лааһар биһиги угаайыбытыгар үктэнэр. Далан. [Бэдэр] бэйэтэ да үөскээбит, ыырдаммыт сиригэр чааркааҥҥа үктэнимтиэ кыыл. "Чолбон"
5 · туохтуур
- Ханнык эмэ суолу тутус, олоҕуҥ суолун оҥоһун
Нууччалыы
- Встать на какой-л. путь жизненный
- Кини өйө-санаата уһуктан, охсуһуу суолугар үктэнэн испитэ. В. Протодьяконов. Олох уустук аартыгар үктэнэн эрдэҕэ. Ойуур У. Эн билигин биир суолу чуолкай өйдүөхтээххин. Ол киһи куһаҕан суолга үктэнэрэ түргэнин, көнөрө ыараханынИ. Семёнов
6 · этии
- Атаҕын төбөтүнэн үктэнэн көр атах. Маайа -- атаҕын төбөтүнэн үктэнэн, чөмөйөн хааман баран, соҕуруокка быыһынан ыйдаҥардан көрдө. Эрилик Эристиин. Еремеев атаҕын төбөтүнэн үктэнэн, ааҥҥа тиийэн иһиллээтэ. М. Доҕордуурап
7 · этии
- Күөххэ үктэннэ көр күөх I. Күөххэ үктэннэххэ, дьэ, дьыл таҕыстыбыт диэн өрө тыыналлар, сүргэлэрэ көтөҕүллэр. Күн Дьирибинэ. "Аҕыйах хонугу тулуйдарбыт, күөххэ үктэниэ, көҥүлгэ көтүө этибит", - дии саныыллар. И. Федосеев