үлүһүт
- үлүһүй диэнтэн дьаһ. туһ. Дыгый удаҕан кыырар эрэ кэмигэр удаҕан, кыыран бүттэр эрэ, үтүө дьүһүнүнэн үлүһүтэр, чэпчэки дьахтар буола охсон хаалар. Амма Аччыгыйа. Эдэр сааспар элбэх этэ -- Үөрэх, үлэ көҕө-нэмэ Үлүһүппүт умсулҕана. М. Хара. Тыйаатырга үлэлиир олус интэриэһинэй, кими баҕарар үлүһүтэр, сүргэтин көтөҕөр үлэ. Г. Борисов