ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

үргэҥнэс

I · 1

  • 1. үргэҥнээ диэнтэн холб. туһ. Икки бөтүүк тохтоло суох охсуһан үргэҥнэһэллэр.  Ойууттар тоҥ күөс быстыҥа төйүөрбүт курдук турбахтаан баран, эмиэ үргэҥнэспитинэн бардылар. Саха фольк

I · 2

  • ан эрэ сэргэхсийбиттии, күө-дьаа буолан суугунаһа түс (элбэх киһини этэргэ)

Нууччалыы

  • Становиться оживленным, шумным (о людях)
  • Партком ытыһын таһыммытыгар, атыттар туран үргэҥнэһэн, ытыс тыаһа хабылынна. Н. Габышев. Бары уһугуннулар. Хобороос тугу эрэ муннун иһигэр киҥинэйэ-киҥинэйэ, олоро түстэ. Оҕолор үргэҥнэһэн кэллилэр, биир биир туруталаан истилэр. В Протодьяконов. Одьунааһынан далбы таарыллыбыт икки киһиттэн уратылара, чэпчээбиттии үргэҥнэстилэр"Чолбон"

II · 3 · даҕааһын

  • Бурҕайан, өрүкүйэн, үрэл гынан өрө көтөн таҕыс (хол. , быыл, туман)

Нууччалыы

  • Подниматься, взвихриться (напр. , о пыли, тумане)
  • Дэриэбинэ уулуссатын ортото, массыына үгүстүк сылдьар буолан, үргэҥнэс буор буолбут. Н. Габышев. Тымныы өссө сэтэрээбит курдук. Хаамтахха, тумаммыт биир кэм үргэҥнэс. "ХС". Үрдэххэ үрэл гынар үргэҥнэс куорсуннаах, Туттахха тосту барыах, Туп-туоҥкай атахтаах, Оччугуйкаан-дьоҕусчаан, барабыайчаан барахсан. ВСП КЭ

«Ү» буукуба