аат тыл
үрээнньик
- , эргэр. Ыраахтааҕылаах Россияҕа: уезд полициятын анныкы чыына сололоох киһи
Нууччалыы
- Урядник. Күбэринээтэрдэр, үрээнньиктэр күннээн-көрүлээн олорбуккут Көҥүл-босхо күстээбиккит, Күнү-ыйы күөнтээбиккит, Күн бүгүҥҥүлээх, Аҥаардас сарсыҥҥылаах эрэ буолуоҕа! Саха нар. ыр. II. Урукку үрээнньик, кэлин улуус милиционерынан үлэлиир Кукаарысап ойон турбута. Н. Якутскай