ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

үҥүү-батас

1 · аат тыл

  • , хом. суолт. Биилээх, уһуктаах сэп, сэрии сэбэ

Нууччалыы

  • Режущие, колющие оружия (в собир. знач. )
  • Буомнаах, мэһэй суолу Үҥүү-батас солуо. Буолар үрдүк дьолу Үлэ күүһэ булуо. Күннүк Уурастыырап. Октябрь - Үҥүү-батас харсыыта, Үрүҥ-тойот умсуута. А. Абаҕыыныскай. Орто үйэлэр - бу ох саалаах, үҥүүлээх-батастаах, куйахтаах, аттаах сэрииһиттэр үйэлэрэ. ПГККК

2 · этии

  • Үҥүү-батас тут - охсуһууга, төрөөбүт дойдуну күөмчүттэн көмүскүүргэ бэлэм буол Тибии-тиһик түстэ, Тиллэр-өлөр кэллэ, Үрүҥ-хара турда, Үҥүү-батас тутта. П. Ойуунускай. Дьоллоох киһи буойун аатын сүгэр, дьоллоох уол оҕо бар дьонугар, Ийэ дойдутугар дурда-хахха буолар, үҥүү-батас тутар. Суорун Омоллоон. Сэрэх, куттал күннэргэ Үҥүү-батас тутуохпут. Күннүк Уурастыырап

Нууччалыы

  • Быть готовым к защите, встать на защиту Родины

«Ү» буукуба