үһүстээ
1 · туохтуур
- 1. Тугу эмэни үһүс төгүлүн төхтүрүйэн гын, оҥор
Нууччалыы
- Делать что-л. три раза, третий раз
- Соҕуруу барарга баҕа баар, Сүрэҕим соҕуруу талаһар. Оттон бу көтөр аал үһүстээн Тус-хоту көтүтэн күпсүтэр. С. Данилов. Уйбаан хайыай, ыксаан түспүт күһүн үһүстээтэ. М. Доҕордуурап. Үрүҥ эһэ дьиэни ааһа түһэн истэҕинэ дьэ үһүстээтимИ. Федосеев
2 · туохтуур
- Үһүс миэстэҕэ таҕыс, үһүс миэстэни ыл (хол., күрэхтэһиигэ)
Нууччалыы
- Занять третье место (напр., в соревнованиях)
- Быйыл хайыһарга өрөспүүбүлүкэҕэ үһүстээтим. Оччолорго дьэ кырдьык, сахалар күннээн тураллар. Александр Иванов үһүстээн, мэтээл үс боруобатын ылбыппытЕ. Неймохов