ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

үөмэлэс

I · 1

  • үөмэхтэс II диэн курдук. Оскуола оҕолоро үөрэнэн бүтэн эрэллэр. Даарыйа эмээхсн, кинилэр көрүдүөргэ үөмэлэһэн тахсан айдааралларыгар үөрэнэн хаалан, үөрэх бүттэҕинэ, тэһийиэ суох курдук саныыр. П. Аввакумов. Үрүҥ былыт өрүкүтэн үөмэлэһэн таҕыста. Ньургун Боотур

II · 2

  • үөмэхтэс II диэн курдук. Үөмэлэс дьүкээбил уотунан умайар. П. Ойуунускай. Үөмэлэс дьон быыһынан Үтүрүһэн-силэйсэн Үөс диэки дьулуһар. Р. Баҕатаайыскай. Үөмэлэс долгун мотуоркабытын илги-талгы быраҕаттаата. Н. Абыйчанин

«Ү» буукуба