үөрэтис
- үөрэт диэнтэн холб. туһ. Атын күннээх, атын ыйдаах Атын сарыал дьоннордуун, Олохпутун билсиһэн, Ордукпутун үөрэтиһэн, Көмөлөһө, доҕордоһо, Көрсүһэргэ да мин баарбын. Күннүк Уурастыырап. Коля манасов Бэйэтин взвода ханан киириэхтээҕин үөрэтиһэ, ыйыталаһа олордо. Эрилик Эристиин. Г. Е. Бессонов Саха сиригэр төрөөбүт-үөскээбит нуучча киһитэ. Кини түөрт уонтан тахса сыл устата саха ыччатын иитистэ, үөрэтистэ. И. Федосеев