ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

үөҥэс

1 · даҕааһын

  • Эдэр уонна үрдүк, үөскүлэҥ (мас туһунан)

Нууччалыы

  • Молодой и высокий, рослый (о дереве)
  • Батыйаларынан үөҥэс тиити арыт төбөтүн быһа охсон түһэрэллэр эбит, эбэтэр этин быһа охсоллор эбит. Саха сэһ. I. Икки үөҥэс сонос тииккэ утуу-субуу хатаастан мүлчүрүҥнэһэн таҕыстылар. Н. Борисов. Ол анараа өттүгэр аһара баттаан көрдөххө  Туран эрэр үөлэҥ киһи курдук Үөҥэс тииттэрдээхА-ИМН ОЫЭБЫ

2 · аат тыл

  • суолт. Үс саастаах атыыр таба, атыыр тайах

Нууччалыы

  • Трехлетний олень-самец или самец-лося
  • Үөрэтэ таарыйа, улахан буурга үөҥэһи ойоҕос көлүйэн биэр. Таба кэнниттэн батыһыа. Болот Боотур. Үс саастаах буурбун  үөҥэспин Үөр табаттан талан ыллым. Үөҥэһим, күлүмэх күүстээххин, Үтүө чинчигин астынным. Кыраһа к. Ойуун тийээт да кыырар. "Хаан наада. Киһи хаанын оннугар эдэр таба хаанын булуҥ. Эһиги ыстаадаҕытыгар хойуу лабаалаах муостаах маҥан атыыр үөҥэс баар, ол хаана сөп буолуо этэ",  диэн этэр"Чолбон"

«Ү» буукуба