өндөл
1 · даҕааһын
- Үрдүк, үрдээн көстөр
Нууччалыы
- Высокий, возвышенный
- Онтон мин Эн киппэ эркиннэрдээх, Өндөл өһүөлэрдээх, Охсуу оҥоһуулаах Уоруккар киирэбин. Л. Попов. Кыра өндөл тахсыыга хас да киһи өлө сыталлара. Н. Якутскай. Хочо кытыытынааҕы өндөл сирдэр чинчиллибэккэ хаалбыттарТумарча
2 · этии
- Өндөл халлаан - үрдүк халлаан Витя тохтуу түһэр. Сүгэһэрин көннөрүнэр, ол туран, өрө көрбүтэ: үрдүк өндөл халлааҥҥа сулус бөҕө сандаарбыт, суол-иис быыгынаабыт. Н. Заболоцкай. Афоня иннигэр уһулу ойон тахсан, өндөл халлааны харбаһа үөрбэлии өрө үүнэн турар чочумаас тааһы одуулаһа истэ. С. Никифоров. Мин, өндөл халлааҥҥа өрө үүммүт үөрбэ таастары одуулаһа-одуулаһа, аргыый хааман иһэбин. "ХС". Ср. монг. өндүз ‘высокий’, бур. үндэр ‘высокий’
Нууччалыы
- Высокое небо