өрүһүй
1 · туохтуур
- туохт
- Ол икки убайдаах аҕаһым иккиэн өлбүтү өрүһүйэ, куоппуту ситэ барбыттара. Саха фольк. Баччаҕа тиийиэххэ, хата эн түбэһэ кэлэҥҥин, оҕобун өлөртөн өрүһүйдүҥ. А. Софронов. [Бааска:] Онно ытыалаһыы, сэрии буолуоҕа, хаан тохтуо, бааһырбыт дьону өрүһүйүөхтээххитКүндэ
2 · туохтуур
- Кими эмэ ыксаллаах, өлөр-хаалар күнүгэр түбэһэ баар буолан быыһаа
Нууччалыы
- Спасать кого-л. , помогать кому-л. (в самый критический момент)
- Ол икки убайдаах аҕаһым иккиэн өлбүтү өрүһүйэ, куоппуту ситэ барбыттара. Саха фольк. Баччаҕа тиийиэххэ, хата эн түбэһэ кэлэҥҥин, оҕобун өлөртөн өрүһүйдүҥ. А. Софронов. [Бааска:] Онно ытыалаһыы, сэрии буолуоҕа, хаан тохтуо, бааһырбыт дьону өрүһүйүөхтээххитКүндэ
3 · туохтуур
- Тугу эмэ туох эмэ буола илигинэ, оҥоро оҕус
Нууччалыы
- Успеть сделать что-л. раньше кого-чего-л. , предварить, предупредить что-л
- Дьүүлэ-дьаабыта суох алдьархай тахсаары турарын бу куорат олохтоохторо бэркэ диэн билэннэр, олбуордарын айаҕын өрүһүйэн саба охсон бараннар, ииҥҥэ, оһох кэннигэр дуурдаммыттара. Эрилик Эристиин. Дьыл бу бэйэлээх үтүө кэмин өрүһүйэ туһанан хааларга дьулуһабын. И. Артамонов. Ср. тув. өршээр ‘помиловать’