быттан
- быттаа диэнтэн бэй. туһ. Сүрэҕэ суох быттана-быттана аһаан аппаҥныыр. Күн ортото үлэтигэр алтахтыыр. “Чолбон”. Хайыы-үйэ өлүү балыктарын сиэн бөҕөхсүйбүт ыттар сорохторо муора диэкиттэн сыт-сымар ылан олоотоһоллор, сорохторо кэлин атахтарыгар олорон эрэ “быттаннаҕа” буолан илин атахтара биир кэм эйэҥэлэһэллэр, бууттарын хабыаланаллар. “ХС”