быһаҕастас
- быһаҕастаа диэнтэн холб. туһ. “Манан ас атыылаһан ылан, иккиэн быһаҕастаһан сиэҥ”, - диэн баран тахсан барда. Эрилик Эристиин. Кинилэр [Платоннаах Максим] туох баар астарын быһаҕастаһан аһыыр, таҥастарын уларсан таҥнар _ _ буолбуттара. П. Филиппов. Быраһаай, пилоткам - Быһылааны быһаҕастаспыт, Үөрүүнү үллэстибит Үөлээннээх доҕорум, Үтүөкэн таҥаһым! С. Васильев