дьэргэлдьий
1 · туохтуур
- туохт
- Дьэс эмэгэтэ Дьэргэлдьийэ эргийдэ. П. Ойуунускай. Дьэргэлдьийэн көстөр дьэрэкээн ойуулаах киэҥ толоон ортотунааҕы ыстаансыйа чугаһаан кэллэ. Эрилик Эристиин. Дэбилгэннээх Лена уста, Дьэргэлдьийэ хамсыы сытта. И. Федосеев. Хаар түһэн дьэргэлдьийдэП. Аввакумов
2 · туохтуур
- Киһи хараҕар олус түргэнник элэҥнээн, дьиримнээн көһүн
Нууччалыы
- Мелькать, мельтешить перед глазами
- Дьэс эмэгэтэ Дьэргэлдьийэ эргийдэ. П. Ойуунускай. Дьэргэлдьийэн көстөр дьэрэкээн ойуулаах киэҥ толоон ортотунааҕы ыстаансыйа чугаһаан кэллэ. Эрилик Эристиин. Дэбилгэннээх Лена уста, Дьэргэлдьийэ хамсыы сытта. И. Федосеев. Хаар түһэн дьэргэлдьийдэП. Аввакумов
3 · туохтуур
- Биир сиргэ чопчу тохтообокко сытыытык тула көрүөлээ, сүүрэлээ (харах туһунан)
Нууччалыы
- Быстро менять направление взгляда, бегать (о глазах)
- Аттар сайыһар быһыынан -- мөхсө-тахса, харахтара дьэргэлдьийэ, кулгаахтара тэрэҥнэһэ турдулар. Амма Аччыгыйа. Бүөтүр диэн оройкомуол бүрүөтүн чилиэнэ, дьэргэлдьийбит сытыы харахтаах уол миигин кытта эмтэнэ сытара. И. Гоголев. "Үлэлиибит, үлэлиибит!" – диэт лиэкэр Сеня оҕолуу, чоҕулуччу көрбүт хараҕа, мэниктээри гыммыттыы дьэргэлдьийэ түстэА. Сыромятникова
4 · туохтуур
- Кэлэн-баран элэстэнэн сытыы, чобуо, барыга-бары сэргэх буол
Нууччалыы
- Быть деятельным, активным во всем, бойким; быть полным жизненной энергии
- Бандьыыттарга саа тутан дьэргэлдьийэ сылдьаҥҥын бу оҕонньор соҕотох аттааҕын ытатан-соҥотон былдьаан ылбыт сурахтааҕыҥ. Софр. Данилов. Турбут-олорбут оҕо дьон одьунаастара сүүрэн-көтөн хоролдьуһан, этэн-тыынан дьэргэлдьийэн ахан эрэллэр. И. Гоголев. Матаҥныырап үөрэн-көтөн дьэргэлдьийэн кэлэн, илии тутуһан ибигирэттэВ. Протодьяконов