иҥэртэр
- иҥэр диэнтэн дьаһ. туһ. Туйаарыма Куо кутун-сүрүн Кылапачыйан көстөр, Кырылыы көтөр Кыһыл көмүс сыаҕайга Иэйэхситинэн иҥэртэрэннэр -- Аҕыс хаттыгастаах халлаан Арҕаһын аллараа өттүгэр Ыйатан кээспиттэрэ. П. Ойуунускай. Бары дьүүлүнэн илбис абааһыны Тиэтэйбиккэ иҥэртэрдилэр. Эрилик Эристиин. [Эркээни Киис Бэргэҥҥэ:] Илбиһи иҥэртэрдэххинэ аҕаҥ суолун солуоҥ. И. Гоголев