маҥхааһай
1 · аат тыл
- , эргэр
- Хас биирдии аҕа ууһа маҥхааһайга бэйэтин килиргэтигэр сиэмэтин уурдарар. Саха сэһ. II. Бурдук хомуллан бүтэн манна маҥхааһайга кистэммит. С. Тимофеев. [Кыһыл обуос] хастыы эмэ оҕус-ат көлөнү субуруччу холбоон баран кууллаах бурдуктары тиэйэн илдьэн маҥхааһайга туттараллар"ХС"
2 · аат тыл
- Соҕотуопка, ыһыы бурдугун харайан уурар улахан ыскылаат; хомуллубут бурдугу туттарар пуун
Нууччалыы
- Склад для заготовки или хранения зерна; ссыпной пункт
- Хас биирдии аҕа ууһа маҥхааһайга бэйэтин килиргэтигэр сиэмэтин уурдарар. Саха сэһ. II. Бурдук хомуллан бүтэн манна маҥхааһайга кистэммит. С. Тимофеев. [Кыһыл обуос] хастыы эмэ оҕус-ат көлөнү субуруччу холбоон баран кууллаах бурдуктары тиэйэн илдьэн маҥхааһайга туттараллар"ХС"
3 · аат тыл
- Дэлэгэй, өлгөм баайдаах сир
Нууччалыы
- Плодородная земля, житница
- Былыр-былыргыттан Россия истиэбин балаһата -- биһиги дойдубут сүрүн баайдаах маҥхааһайа. МЛФ АҮө. Бүлүү кыраайа дойду бастар бараммат алмаас баайдаах маҥхааһайа буолла. Б. Лунин (тылб. )