сонурҕат
- сонурҕаа диэнтэн дьаһ. туһ. Оо, аныгы дьон эрдэ да кырдьабыт! Олохтон эрдэ сылайабыт, салҕабыт, туох да сонурҕаппат, соһуппат. Н. Лугинов. Бу син сааһыран эрэр дьон билиҥҥэ диэри бииргэ үөрэммит доҕотторун ытыгылыыллара миигин үөрдэрэ, сонурҕатара. Далан. Мииккэ өрүс арыытын соччо ахсарбата, онно киһини сонурҕатыах айылаах туох да суохха дылы. П. Аввакумов