ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

субуруҥнаа

  • субуруй диэнтэн б. тэҥ. көстүү. Сур соноҕос сэргэ төрдүгэр быыппаста түһээт, сүүрэн субуруҥнуур. Амма Аччыгыйа. Тууй-сиэ! Эмиэ ытаан хараҕын уута субуруҥнаан барда. И. Гоголев. Биир пуойас кэлэн үөгүлээн, хаһыытаан, дирбийэн-дарбыйан илин диэки субуруҥнаан ааспыта. Г. Борисов

«С» буукуба