аат
туттуу-хаптыы
- көр тутун-хабын диэнтэн хай. аата. Кини туттуута-хаптыыта, көрүүтэ-истиитэ, таҥаһа-саба барыта сөп, киһи сүрэҕин-быарын ортотунан киирэрэ. Суорун Омоллоон. Биһиги эмээхситтэрбит туттуулара-хаптыылара куруутун киһи иһинэн буолар. Далан. Дьэ дьабдьыныы бөҕө буолла, туттуулара-хаптыылара түргэтээтэ. И. Данилов