тууй-хаай
- тууй 2 диэн курдук. Кини суолун төһөлөөх хаарчахтыы, тууйа-хаайа сатаатылар этэй! Софр. Данилов. Отой атын тыйыс санаа Тууйан-хаайан барбытыттан Тулуйбакка мунчаарбытым. С. Тарасов. Тууйар-хаайар мэһэйи Тулуйуохтаах, туоруохтаах. Оччоҕо Ийэ сири, Көҥүлү, дьолу көмүскүөхтээх. С. Федотов