ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

түҥнэһин

1 · туохтуур

  • туохт
  • Тыыгын сэрэнэн миинэр буол, түҥнэстэн да хаалыан сөп. И. Федосеев. Таҥара дьиэтин ойоҕоһугар сүүнэ баҕайы хаһан эрэ тугу эрэ тиийэ сылдьыбыт дьааһыктара түҥнэстэн сытара. И. Никифоров. Ардыгар суол кытыытыгар түҥнэстэн сытар тэлиэгэлэр көстөн ааһаллар. ПИИ К

2 · туохтуур

  • Түҥнэри, тиэрэ эргий

Нууччалыы

  • Переворачиваться вверх дном, опрокидываться
  • Тыыгын сэрэнэн миинэр буол, түҥнэстэн да хаалыан сөп. И. Федосеев. Таҥара дьиэтин ойоҕоһугар сүүнэ баҕайы хаһан эрэ тугу эрэ тиийэ сылдьыбыт дьааһыктара түҥнэстэн сытара. И. Никифоров. Ардыгар суол кытыытыгар түҥнэстэн сытар тэлиэгэлэр көстөн ааһаллар. ПИИ К

3 · туохтуур

  • Урусхаллан, суулун, эһин

Нууччалыы

  • Быть свергнутым, низвергнутым; разрушиться
  • Арамаанап аймаҕын үрдүк бүрүстүөллэрэ түҥнэһиннэ, көмүс хоруоналара тулунна. П. Ойуунускай. Бу кыһыл знамя анныгар Оҕо саас дьолун көрбүппүт, – Баттал түҥнэстэр сылыгар Биһиги эдэрдэр төрөөбүппүтП. Тулааһынап

4 · туохтуур

  • Бигэ туруккун сүтэр (олох туһунан); буомур, кэҕин (төрүөҕү этэргэ)

Нууччалыы

  • Нарушиться, пойти кувырком (о жизни); хиреть, вырождаться (о потомстве)
  • Төлкө түҥнэстибэтин, саргы самныбатын. Саха фольк. Уоллаах кыыс оҕом Ойборууннаах уруутугар Түҥнэстибэт түһүн Төлкөлөөтөҕүм буоллун. С. Зверев. Оруос Баай түүллүүн-биттиин түҥнэстэн, туруга хамсаан, кэхтэн эрэрэ сабаҕаланарСЛ-8

5 · этии

  • Түҥнэстибэт түөрэхтээх фольк. – инникилээх, дьоллоох дьылҕалаах Түҥнэстибэт түөрэхтээх, самныбат саргылаах ыччаты иитиэхтээхпит. Түүл түһээн түҥнэһин – куһаҕан түүллэ түһээ, түүллэн. Θ Видеть страшный сон, видеть кошмар. [Сайсары:] Түөрт уон сулус кулугулаах Түүн бараан ийэбэр Бит биттэнэн Бэттиннэҕим үһү, Түүл түһээн түҥнэһиннэҕим үһү. Суорун Омоллоон. Ыстапаан оҕонньор биир былыттаах нуһараҥ түүҥҥэ түүл түһээн түҥнэһиннэ. КФА СБ

Нууччалыы

  • Со счастливой судьбой

«Т» буукуба