хааччахтан
- хааччахтаа диэнтэн бэй. , атын. туһ. Билигин ньирэйдэр киэҥ-куоҥ хааччахтаннылар. Кини кэлин, бултааһын хааччахтаммытын да кэннэ, ойуурга сылдьарын тохтоппотоҕо. Г. Угаров. Урукку өттүгэр бэчээт сайдыыта улаханнык хааччахтанан турбута. ССЛИО. Оҕо биир көрүҥнээх успуордунан дьарыктанар түбэлтэтигэр биир өрүттээх сайдыы үөскүүр, эт-хаан бары өттүнэн сайдыыта хааччахтанар. АН БЭХСКТ